Маалыкай уокуругун оскуолаларын сайыҥҥы лааҕырдарын XVII сүлүөтэ “Быраһаай, дьиктилээх сезон!” диэн аатынан, балаҕан ыйыгар уонтан тахса сыл буолан баран Хатыы оскуолатын тэрийиитинэн, Мэҥэдьэк киэҥ-куоҥ, көнө-налыы хонуутугар уон лааҕыр сүүс тоҕус үөрэнээччитин, уон алта үлэһиттэрин, төрөппүттэрин хабан ыытылынна. Слету Хатыы оскуолатын иитэр үлэҕэ салайааччыта Менкярова А.А. иилээтэ-саҕалаата. Оскуола дириэктэрин үлэҕэ солбуйааччыта Ефремова А.И. сылдьыста. Уоту-күөһү, фоновай музыканы солбуллубат ди-джей, Хатыы оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ Николаев Валентин сарсыардаттан киэҺээҥҥэ диэри биир да мүнүүтэҕэ тохтоппокко хааччыйда. Сүлүөт соругунан сайыҥҥы лааҕырдартан бастыҥнары талан бэлиэтээһин, айар дьоҕуру көҕүлээһин, үөрэнээччилэр икки ардыларыгар истиҥ табаарыстыы сыһыаны олохтооһун, биир санааланыыга уһуйуу, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү иэйиитин иҥэрии, сөптөөх быһаарыныыны ылынарга үөрэтии буолла. Хас биирдии лааҕыр бастыҥ иитиллээччилэригэр Бочуотунай Суругун туттарда.
Лааҕырдар бастыҥнарын булуу бэйэтин үлэтин арыйыытыгар, музыкальнай нүөмэринэн, лааҕырга дьарыктаммытын маастар-кылааһынан көрдөрүүтүнэн быһаарылынна. Манна түөрт чилиэннээх дьүүллүүр Сүбэ үлэлээтэ: Хатыыттан “Ньурба” хаһыат общественнай корреспондена, Мэҥэдьэк нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Иванова М.Н., ЧФСИ IV кууруһун устудьуонката Ефремова Л.С., Маалыкайтан төрөппүт Кычкина Т.Л., тренер Можуков С.А.
Бастыҥтан бастыҥ лааҕырынан Маалыкайдааҕы оҕуруот аһын үүннэрэр “Арчы” лааҕыр ааттанна, көһө сылдьар кубогынан наҕараадаланна. “Арчы” биир кыһыҥҥы, икки сайыҥҥы теплицаларыгар оҕурсуу, помидор, перец, арбуз силигилии үүнэллэр, 3,5 га хортуоска буолалаах, 300 кв.миэтирэ иэннээх оҕуруоттарыгар хаппыыстаны, кабачогу, баклажаны, кукурузаны, тыкваны, физалиһы, күөх үүнээйини, дьэдьэни үүннэрэллэр. Үүнээйилэрин, оскуола остолобуойуттан ордорун, нэһилиэнньэ хамаҕатык атыылаһар. Агролабораториялаах. Икки сменанан 45 оҕо оҕуруокка үлэлээбит. Салайааччылара Ушканова А.А., Иванова М.С. Бу күн лааҕыр үлэтин түүлүнэн көрдөрөн, оҕуруот астарынан симэнэн тахсан хааман-сиимэн авангарднай муодалаан, тугу үүннэрбиттэрин туһунан толору өйдөбүлү биэрбиттэрэ олус сонун. Саамай элбэх туһалаах уустук дьарыктарын маастар-кылааска көрдөрдүлэр: кылы анал тэрилинэн хатыы, кылынан түөрт утаҕынан оһуор таһаарыы, кыл түөскэ кэтэри оҥоруу, баайыы сабынан анал тэрилинэн тэһэ анньан кыра көбүөр (панно) оҥоруу, кыыс сэбэрэтин чочуйуу (макияж), саҥа уруһуйдааһын ньыматынан, эмиэ анал кырааскалар, тэриллэр көмөлөрүнэн ванночкаҕа уруһуйдаан А4 көһөрөн ылыы.
Иккис бастыҥынан Хатыытааҕы “Үнүгэс” эмиэ оҕуруот аһын көрөр лааҕыр буолла. Лааҕыр икки сменанан үлэлээбитэ. Оҕуруотун аһынан, хортуоппуйунан бэйэтин остолобуойун хааччыйар. Тимофеева Т.И., Семянова М.И. салайбыттара. Оҕолор иллэҥ кэмнэригэр эмиэ илии үлэтинэн дьарыктаммыттара. Олус үчүгэй сибэккилэри оҥорон, кыыс оҕо боростой ободоктарын тупсаҕай көрүҥнүүллэр, броштары оҥороллор. Слекка кырачаан Тоня уонна Саша сибэкки оҥорон көрдөрдүлэр, чобуотук быһааран биэрдилэр. Төһө да анал үөрэхтээх үҥкүүһүт, ырыаһыт үөрэппэтэр, саастарынан хайа да лааҕыр иитиллээччилэриттэн кырачаан да буоллаллар, оҕолорбут ис сүрэхтэриттэн ыллыырга уонна үҥкүүлүүргэ баҕалаахтар. Ол иһин кинилэри көрөөччү истиҥник ылынар.
Үһүс бастыҥынан Маалыкай “Дьоҕур” ахсаан-суот хайысхалаах лааҕыра буолла. Салайааччылара Ксенофонтова Н.А. Лааҕырдарын олоҕун миниатюраларынан көрдөрдүлэр. Маастар-кылаастарын оҥоһуктара-бэлэх коробкалара эмиэ уустук геометрическай кэриҥнэртэн тураллар.
Сүрүн үс миэстэ таһынан, анал ааттар бэрилиннилэр. “Бастыҥ музыкальнай нүөмэри” “Кэрэ эйгэ” үҥкүүнэн (художественнай-эстетическэй, сал.Андреева С.Н., Анемподистова Л.Т.), “Маарыкчаан” ырыанан (от үлэтэ, сал. Елегяев Л.А.), “Олимп” ырыанан (спортивнай, сал. Григорьев И.И.) көрдөрдүлэр. “Бастыҥ презентация”-нан бэйэтин үлэтин туһунан өйдөбүлү “Лингва” (омук тылын чиҥэтиигэ хайысхалаах, сал.Петрова В.В.) инсценировканан, “Лэкээ” (от үлэтэ, сал.Анисимов Ф.Ф.) уонна “Хоһуун” (эколого-туристическай, сал.Николаев Л.А.) Хатыы лааҕырдара стендэнэн көрдөрөн кэпсээн биэрдилэр. “Хоһуун”-нар ону таһынан, лааҕыры сиһилии кэпсиир буклеттаахтар, экспедицияҕа сылдьан хомуйан хатарбыт мята оттоохтор. Манна даҕатан эттэххэ, “Кэрэ эйгэ” презентацията эмиэ олус тупсаҕай этэ. Кинилэр художник кыыс уруһуйун туттан-хаптан көрдөрдүлэр. Быыстапкаҕа олус элбэх киһини умсугутар уруһуйдары туруорбуттар. “Бастыҥ маастар-кылаастар”-ы “Арчы”, “Кулунчук” (Маалыкай, кымыс лааҕыра, сал.Кычкина В.А.), “Лингва” көрдөрөн, баҕалаахтары үөрэттилэр. Үлэ, туризм, спорт лааҕырдара маастар-кылаастары көрдөрбөтүлэр. Үлэ лааҕырдара кыраабыл тиистиэхтэрин, уктуохтарын, тыраактыр кыра чаастарын, мотуордаах илиинэн охсору ыһыахтарын-таҥыахтарын, спортивнай, туризм лааҕырдарын иитиллээччилэрэ саҥа зарядкаҕа, спортивнай приемнарга о.д.а. үөрэтиэхтэрин сөп этэ.
“Кулунчук”-тар бэйэлэрэ туһааннаах былаахтаахтара инники өттүгэр атын да лааҕырдар кинилэртэн холобур ылан, былаах оҥостуохтарын сөбүн этэр. Лааҕырдар бэйэлэрин былаахтарын аннынан парадтаатахтарына, өссө ордук суолталаныах этилэр. “Кулунчук”-тар, “Лингва”-лар, “Маарыкчаан”-нар туһунан формаламмыттара, атрибуттаммыттара кинилэр иитиллээччилэрэ, төрөппүттэрэ эппиэтинэстээхтэрин, лааҕыр үлэһиттэрэ кыһамньылаахтарын туоһулуур.
Мустубут оҕолору сааһынан, кыыһынан-уолунан арааран, тус-туһунан өҥнөтөлөөн (кыһыл, от күөх, халлаан күөх, үс өҥ) 27-лии чилиэннээх 4 хамаандаҕа арааран мэһэйдэри туорааһыҥҥа, эстафетаҕа куоталаһыннардылар. Түмүккэ, от күөхтэр бастаатылар, халлаан күөхтэр кинилэртэн хааллылар. Үс өҥ уонна кыһыллар үһүс миэстэни үллэһиннилэр. Эстафетаҕа эмиэ от күөхтэр иннилэрин биэрбэтилэр, “Саамай сомоҕоһуулаах хамаанда”ааты, хамандьыырдара Касьян Васильев “Бастыҥ хамандьыыр” аатын ылыан ыллылар. Оҕолор уостарынан үллэстэллэригэр бары хамаандаларга торт, минньигэс, утах бэрилиннэ.
Күрэхтэһиилэр быыстарыгар оҕолор бэйэлэрин саастыылаахтарын кытары бодорустулар, сөбүлүүр маассабай оонньууларын тула үмүөрүстүлэр, тэтимнээх музыка доҕуһуолугар үҥкүүлээн ыллылар, салгыбакка мээчиктээтилэр. Оҕолор олус көхтөөхтөр: олорон, туран хаалбыт суох.
Сайыҥҥы лааҕырдар үлэлэрин түмүгэ Мэҥэдьэк талыы-мааны кырдалыгар, көй салгыҥҥа ыытыллыбыта оҕолорго да, үлэһиттэргэ да төһө да сылайдаллар, дуоһуйууну биэрдэ. Инники да өттүгэр айылҕаҕа ыытылларын сөбүнэн аахтылар. Аламай маҥан күммүт былыкка саһан туран баран, оҕолордуун тэҥҥэ үөрсэн күндээрэн таҕыста.
Мирослава Иванова
Мэҥэдьэк |